Тохсунньу 25 күнүгэр саха биллиилээх поэта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сивцев Ефрем Степанович-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах “Дойдум иһин, норуотум иһин олохпун хардата суох аныам” үөрүүлээх тэрээһин М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар буолан ааста.
Бэлиэ түгэҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар уонна этиилэри оҥордулар: «Нам улууһа» МТ депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Иванович Винокуров; «Нам улууһа» МТ баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Юрий Вячеславович Дьяконов; Саха норуодунай суруйааччыта, Саха сирин биллиилээх общественнай диэйэтэлэ, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Россия суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү сүбэтин чилиэнэ, Бүтүн Кытайдааҕы Лао-Цзы наука уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ Духуобунаска академиятын вице-президенэ, П.А. Ойуунускай аат. СӨ судаарыстыбаннай, Алжир Республикатын норуоттар икки ардыларынааҕы литературнай, Казахстан Республикатын “Алаш” литературнай бириэмийэлэрин лауреата, аан дойдутааҕы тюрскай академия дьиҥнээх чилиэнэ, Кэбээйи, Нам улуустарын Ытык киһитэ, П.А. Ойуунускай аат. литература түмэлин дириэктэрэ Николай Алексеевич Лугинов; Саха норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, критик, П.А. Ойуунускай аат. СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина Павел Николаевич Харитонов-Ойуку; Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, “Чолбон» уус-уран литературнай уонна уопсастыбаннай-политическай сурунаал бас редактора, Россия суруйааччыларын сойууһун сэкирэтээрэ, поэт, публицист Гаврил Гаврильевич Андросов; СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, «Нам» түмсүү салайааччыта Гаврил Гаврильевич Местников; ССРС ис дьыалаҕа министиэристибэтин туйгуна, Бөтүҥ нэһилиэгин Ытык киһитэ, үлэ бэтэрээнэ Егор Егорович Лукин; Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ улахан уола, моряк, буойун-интернационалист, Вьетнам сэриитин кыттыылааҕа Тит Ефремович Сивцев; Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ кыра уола, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Россия суруналыысларын сойууһун чилиэнэ Степан Ефремович Сивцев—Хамалҕа; РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Бөтүҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ аат. Бөтүҥ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Матрена Михайловна Осипова. Тыл этээччилэр Таллан Бүрэ ураты айар суоллааҕын, саха литературнай тыла үөскээһинигэр, сайдыытыгар, кини кэриҥин кэҥэтиигэ, баайын хаҥатыыга дьаныардаахтык үлэлээбитин, кини норуотун дьиҥнээх патриота, дьоммор-сэргэбэр туһаны аҕалбыт киһи диэн санааны тумус туттан, улууһун сайдыытын туһугар таһаарыылаах айар үлэтин-хамнаһын ыыппытын, кэнчээри ыччаппыт үөрэхтээх, сайдыылаах буоларыгар улахан кылаатын киллэрбитин туһунан итиитик-истиҥник ахтан-санаан аастылар.
https://web.telegram.org/k/#@namskiyulus