Олунньу 22 күнүгэр П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин саҥа Дыбарыаска көһөр үөрүүлээх күнүн уонна 55 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинин улуус олохтоохторугар үтүө бэлэх оҥордо. Тэрээһин өбүгэ үгэһинэн, сахалыы сиэринэн алгыһынан саҕаланна, сиэри-туому Саха республикатын культуратын туйгуна, алгысчыт Петр Охлопков оҥордо, алгыһы хомуһунан доҕуһуоллаата Артур Семенов-Тоҥ Саха.
Саҥа музейга киирэр кыһыл лиэнтэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга быстылар:
Слепцов Юрий Иннокентьевич, «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга,
Ноев Афанасий Иванович, Саха республикатын культураҕа уонна духовнай сайдыыга Министрин бастакы солбуйааччыта,
Копырин Александр Иванович, П.И.Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин директора.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар эҕэрдэ эриэккэһин анаатылар. Ол курдук, Слепцов Ю.И., «Нам улууһа» МТ баһылыга, Ноев А.И., Саха республикатын культураҕа уонна духовнай сайдыыга Министрин бастакы солбуйааччыта, Ядрихинскай С.П., «Нам улууһа» МТ культураҕа уонна духовнай сайдыыга управлениетын начальнига, Сокольников П.Г. «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга, Ховров А.М, Ем. Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын холбоһуктаах Судаарыстыбаннай түмэлин солбуйааччы директора, Борисов В. Б., «Россия –моя история» музейнай комплекс эппиэттээх үлэһитэ, Павлов Б.И., «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта уо.д.а.
Мустубут дьон музей хас да экспозиционнай саалатынан экскурсиялаата, аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир саҥа выставочнай тэриллэр арааһын, көрүҥүн сөхтө-махтайда. Биллиилээх композитор А.Костин уола Алексей Андреевич Попов кэргэнэ Ирина Иннокентьевна Борисова түмэлгэ пианиноны экспонат быһыытынан бэлэх ууммутун, дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдаттылар. Пианиноҕа И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан тыл., А.Костин “Хайыһар” ырыатын тыаһатан, мустубут дьон күргүөмүнэн ыллаабыта ураты көстүүнэн буолла. Тапталлаах түмэлбит, үүнэ-сайда тур.