Ыам ыйын 17 күнүгэр, П.И. Сивцев аат. история уонна этнография музейын быыстапкалыыр саалатыгар, Эҥсиэли хочотугар үлэлии-хамсыы сылдьар коллекционердарбыт чаҕылхайтан чаҕылхайдара өр сыллаах муспут үлэлэрин бииргэ түмэн, ууруна сылдьыбыт күндү оҥоһуктарын “Ситимнэр ситимнээх дьарыктара» быыстапката арылынна. Нам улууһугар коллекционердар түмсүүлэрэ 2017 сылга тэриллибитэ. Салайааччынан Людмила Васильевна Петрова ананан үлэлээбитэ. Онтон, 2019с. Мария Николаевна Аманатова салайан үлэлэтэ сылдьар. Быйылгы быыстапкаҕа 20 коллекционер кыттан 1000 тахса экспонат турда. Дьикти дьарыктаахтар чэрниилэ руучкалары, ручкалары, уот саҕар зажигалкалары, открытка арааһын, шкатулкалары, чуорааннары, улуус хаһыаттарын, урукку быраас туттар малын, тэттик кинигэлэри, иһиттэри-хомуостары, урукку байыаннай маллары, открыткалары, таҥаһы-сабы, значоктары, вымпеллары, знамялары, остуолга ууруллар лаампалары, оонньуур аттан саҕалаан олоҥхо, дьөһөгөй оҕотугар тиийэ, о.д.а., киһи эрэ сөҕө, хайгыы, кэрэхсии көрөр малын-салын туруордулар. Өссө биир кэрэхсэбиллээҕэ, коллекционердар бу дьарыктарыгар кэнчээри ыччаттарын, оҕолорун, сиэннэрин угуйаллара, урукку малы-салы харыстыы үөрэтэллэрэ-такайаллара, историятын билэргэ-көрөргө уһуйаллара улаханнык үөрдэр. Быыстапка бэс ыйыгар дылы улэлиэ.