Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтигэр П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи этнографическай “ИИС,УУС,АС” фестивальга Нам улууһун делегацията сүрдээх таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Икки күннээх киэҥ далааһыннаах тэрээһин, саха омук олоҕун-дьаһаҕын, үөрэҕин, уус-уран оҥоһугун сайдыытын түстүүр түһүлгэлэрэ хас да хайысханнан тэрилиннэ. Манна уопсайа 10 тахса улуустан кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Тэрээһиҥҥэ уус-уран оҥоһугу кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр сыалтан, уһуйааччы үөрэтэр оҕотун кытта күрэхтэспитэ, сатабыллаах дьарыгы бииргэ айымньылаах үлэнэн оҥорон таһаарбыттара кэрэхсэбиллээх буолла.
“ӨБҮГЭ ОЛОҔУН СИТИМЭ – АЙАР КУТ ИЭЙИИТИГЭР” туойунан дьарык көрүҥэр “ТУОЙГА СУУЛААН БАЛЫГЫ БУҺАРЫЫ” күрэххэ 1 миэстэ — Винокурова Прасковья Дмитриевна (И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын учуутала), 2 миэстэ — Захаров Руслан Афанасьевич –СӨ уус-уран оҥоһугун маастара (Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын учуутала), 3 миэстэ – Тавакалова Лариса Ефимовна-СӨ норуотун маастара, (И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж преподавателэ) буоллулар. “ӨБҮГЭ ИҺИТИН ОҤОРУУ” күрэххэ 1 миэстэ — Захаров Р.А., 2 миэстэ — Тавакалова Л.Е. ыллылар. ОҔОЛОРГО: 2 миэстэ — Строева Амелия, (Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын 8-с кыл. үөрэнээччитэ), 3 миэстэ-Павлова Лилиана (И.Е. Виөнокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын 8 кыл. үөрэнээччитэ) буоллулар. “ТУОЙТАН ОҤОҺУКТАР БЫЫСТАПКАЛАРА” күрэххэ 1 миэстэ — Захаров Р. А.,Винокурова П.Д., 2 миэстэ — Тавакалова Л.Е. буоллулар. “СЫЛААС ИЭЙИИЛЭЭХ ДЬӨҺӨГӨЙҮМ БЭЛЭҔЭ” кылтан, сиэлтэн оҥоһук күрэҕэр Рехлясова Мария Петровна-СӨ норуотун маастара (И.Е. Винокуров аат. Намнааҕы педагогическай колледж преподавателэ) кыыһынаан Рехлясова Дайаналыын (Намнааҕы 2-с №-х орто оскуола 8-с кыл. үөрэнээччитэ) 2-с бочуоттаах миэстэҕэ тигистилэр. “ТУОС ТОЙУКТААХ ОҺУОРА” туос иһити тигээччилэр күрэхтэригэр Баишева Варвара Дмитриевна-СӨ уус-уран оҥоһугун маастара (1-Хомустаах нэһилиэгин “Сайдыы” оҕо айар дьиэтин уһуйааччыта) үөрэнээччитин Шестакова Аленаны кытта (Д.Ф. Алексеев аатынан 1-Хомустаах орто оскуола 8 кыл. үөрэнээччитэ) 2-с миэстэ буоллулар. Оҕолорго уус-уран оҥоһук түһүлгэтигэр (быыстапкаҕа) Шестакова Алена – 1 үрдэл, Румянцев Айаал -2 үрдэл, Еремеев Дамир – 3 үрдэл (Д.Ф. Алексеев аатынан 1-Хомустаах орто оскуола үөрэнээччилэрэ) таҕыстылар. “ИИС,УУС,АС” этнографическай фестиваль чэрчитинэн ыытыллыбыт “От народных промыслов к миру науки” научнай-практическэй конференцияҕа Ирина Степановна Суздалова (И.Е. Винокуров аат. Намнааҕы педагогическай колледж преподавателэ) 3-с бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.
Норуот сүдү баайын, тылын уонна сатабылын көрдөрөр улахан тэрээһиҥҥэ баран кыттан, ситиһии көтөллөөх кэлбиппитигэр махталбытын тиэрдэбит улуус дьаһалтатыгар баһылык Ю.И. Слепцовка культура салаатын өйөөн, автобус бэлэх уунан, араас тэрээһиҥҥэ кыттар кыахтаммыппытыгар.