Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Судаарыстыбаннас күнүн көрсө, балаҕан ыйын 25 күнүгэр «Симэх» национальнай киин көҕүлээһининэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Славься, моя Якутия» быыстапка үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Нам улууһун иистэнньэҥнэрин бөлөҕө «Кырадаһын»-(сал. Соропова Н.В.), «Ай-Тик»-(сал. Подоксенова И.И.), ону тэҥэ Нам улууһун маастардара уонна иистэнньэҥнэрэ түмсэн Өрөспүүбүлүкэ картатын быысабайдаан «Вышитые карты Якутии» акцияҕа ситиһиилээхтик кыттан, Туймаада ыһыаҕар бочуоттаах 3-с миэстэни ылары ситиспитэ. Ону тэҥэ быыстапкаҕа Нам улууһуттан «Сөрүө» түмсүү- (сал. Аманатова М.Н.) кыл-сиэл матырыйаалтан оҥоһуллубут үлэлэрэ дьон болҕомтотун тартылар. Манна Нам, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Дьокуускай куораттан уопсайа 8 үлэ дьон болҕомтотугар турда. Быыстапка А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин 1 этээскэ быыстапкалыыр саалаҕа алтынньы 8 күнүгэр дылы дьон-сэргэ көрүүтүгэр турар.