«Нам улууһа» муниципальнай тэриллии култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын аатыттан Саха Республикатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Министирэ дуоһунаһыгар анаммыкынан итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит! Республика культурата, духуобунай сайдыыта, историята инники кэскилэ өссө күүскэ сайдыа диэн эрэнэбит. Эрчим тэтим бэйэҕин кэмэ суох кэрэхсиибит, айар-тутар үлэҕин сөҕө-махтайа көрөбүт. Инникитин даҕаны үлүскэн үлэҥ, үтүө түмүгэ сүргэҕин көтөхтүн, үөрүүгүн үрдэттин! Дьиэ-кэргэҥҥэр ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-саргы тосхойдун!