Саха чулуу уола, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүт дойдутугар – Хатырык нэһилиэгэр – М.К. Аммосов аатынан элбэх хайысхалаах культурнай-спортивнай киин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Сүүнэ улахан объегы СР Государственнай сакаасчыт сулууспата туттарда. Киин бырайыагын Нам улууһун биир кэлим сакаасчыт сулууспатын иһинэн бырайыактыыр отдел оҥордо. Тутууну биир дойдулаахпыт Вадим Кутуков генеральнай директордаах «Намстрой» ХЭТ сүрүннээтэ. Киин уопсай иэнэ – 2518,2 кв.м. Манна спортивнай комплекс, оҕо искусствотын оскуолата, 150 миэстэлээх «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтэ уонна олохтоох бибилиотека киирдилэр. Тэрээһин үгэс курдук алгыстан саҕаланна. Ол курдук, Хатырык олохтооҕо Өлөксөй Лоҥхо Уус уот отон арчылаата, үрдүк айыылартан көрдөстө. Салгыы Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн Председателэ Алексей Еремеев уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар баараҕай уораҕайы кэрийэн көрдүлэр-иһиттилэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн Председателэ Алексей Еремеев, улуус баһылыгын э.т. Анатолий Павлов истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр. Айсен Сергеевич эҕэрдэлээн туран, 100 тыһ. солк. сертификаты Хатырык нэһилиэгин баһылыгын э.т. Артур Ноговицыҥҥа туттарда. Хатырыктар ыра санаа оҥостубут баҕа санаалара толору туолбутунан истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Ыччат үүнэн-сайдан, улууспут, республикабыт ааттарын ааттата туруохтара диэн эрэнэбит. «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата