Обществоҕа оҕо, ыччат көхтөөх кыттыыта — Дойдубут сүрүн соруга буолар. Бу сүдү суолталаах сорукка олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сыла биллэриллибитэ. Нам улууһугар — Оҕо спордун сыла бигэргэммитэ. Ол курдук, Нам сиригэр сарсыҥҥылаах кэскили түстүүр кэмҥэ, оҕо аймах хамсааһына номуо тэтитимин тутан, киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Бүгүн, Саха сиригэр уонна Нам улууһугар пионерия тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтээн, «Бастакылар хамсааһыннара» оҕо общественнай түмсүүтүн көҕүлээһининэн киэҥ далааһыннаах тэрээһин буолла.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Нам улууһун 1960 сыллартан бэттэх кэмнэр пионердара — улууспут ытык кырдьаҕастара ыҥырыллан кэлэн бүгүҥҥү көлүөнэни көрөн-истэн олус диэн үөрбүттэрин биллэрдилэр. Ону сэргэ, оччотооҕу пионер кэмин кэрэһэлиир ааспыт үйэ историятын чахчыта буолар «Будь готов! Всегда готов!» выставка үгүс оҕо болҕомтотун тарта, пионер кэккэтигэр кыттыбыт аҕа саастаах дьоммут сырдык ахтылҕаннарын көбүттэ, ааспыт чаҕылхай кэмнэрин эргиттэ.
Оскуола оҕолоро бу тэрээһиҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, оскуолаларын, түмсүүлэрин бэлиэтиир таҥастыын-саптыын оҥостон, тэринэн кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Биир тэҥ саастыы атын-атын нэһилиэк үөрэнээччилэрэ бэйэ-бэйэлэрин көрөн-истэн, өйөһөн, оҕо саас кэмигэр өссө биир умнуллубат түгэни бэлэхтэстилэр.