Сааскы халаантан Нам улууһун 16 нэһилиэгэ ууттан эмсэҕэлээтэ. Ордук урукку сылларга халаан уутугар хаһан да барбатах Маймаҕа, Атамай, Хатырык, Модут, Бөтүҥ нэһилиэктэригэр уу эмискэ кэлэн улахан хоромньуну таһаарда. Ыам ыйын 24 куннээҕи туругунан, халаан уутуттан 63 култуура үлэһитэ, олор истэригэр 10 култуура ветерана эмсэҕэлээтэ. Уу эмискэ кэлэн дьон дьиэтэ-уота, хаhаайыстыбата, мала ууга барда, турар бэйэлэрэ хаалан улахан долгуйуу таҕыста. Дьон олорор дьиэлэрин тэҥэ, үгүс социальнай эбийиэктэр, ураты харыстанар культурнай нэһилиэстибэ пааматынньыктара ууга былдьанна. Хоромньу улахан буолан элбэх үлэ күүтэр. Ыам ыйын 17 күнүттэн даамбаны күүһүрдүү үлэтиттэн саҕалаан, күн бүгүҥҥэ дылы культура үлэһиттэрэ субуотунньуктарга үлэлииллэр, көмөлөһөллөр.
Бу ыарахан кэмнэ Өрөспүүбүлүкэбит бары муннугуттан аһыныгас санаалаах айыы хаан аймаҕа, көхсүттэн көнтөстөөх күн улууһун дьоно амарах санааларынан салайтаран сүҥкэн көмөнү оҥордулар, көмө билигин да киирэ турарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.
Ыам ыйын 22 күнүгэр Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистрэ А.Ноев кэлэн култуура объектарын туруктарын көрөн, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит култуура эйгэтин үлэһиттэрин кытта көрсөн кэпсэттэ. Салалта кэлэн балаһыанньаны көрө-истэ, көмөлөһө кэлбитигэр үлэһиттэр санаалара өрө көтөҕүлүннэ.
Улуустааҕы гуманитарнай көмө түмүллэр пуунугар, халаан содулугар түбэспит бары нэһилиэктэргэ, тыырар наардыыр үлэҕэ култуура үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ылаллар. Элбэх култуура тэрилтэлэрэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэн ас-үөл, мал-сал, харчынан көмөлөрүн туттараллар. Нэһилиэктэргэ итии аһынан хааччыйыыга үгүс үлэһит баран көмөлөстүлэр.
Нам улууһун култуура уонна духуобунай салалта аатыттан ыарахан кэмҥэ күүс-көмө буолбут бары культура тэрилтэлэригэр, үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
“Нам улууһа” МТ култуураҕа уонна духуобунай сайдыы управлениета