Быйылгы Үрүҥ Тунах ыһыахпыт дойдуга Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун, поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110, поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Василий Николаевич Попов-Бочоох төрөөбүтэ 115, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, тойуксут, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо Константин Никонович Тихонов төрөөбүтэ 90 сылларыгар анаан ыытылынна.
Улуу Эҥсиэли хочобут уйгулаах туонатыгар Үрүҥ Тунах Ыһыахпыт маанылаах ыалдьыттарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министрэ, Нам улууһун куратора Гаврил Витальевич КИРИЛЛИН, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Александр Павлович АТЛАСОВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох бэйэни салайыныы Департаменын салайааччы Иван Романович ПОПОВ, Биллиилээх судаарыстыбыннай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров уола, Гражданскай авиация туйгуна Валерий Ильич ВИНОКУРОВ уонна да атын ыҥырыылаах ытык дьоммут-сэргэбит буоллулар.
Ыһыах үгэс быһыытынан Аламай үрүҥ күнү көрсүүттэн саҕаламмыта. Сиэрин туомун Сиэллээх Сээгэйэ ыытта, Дьиэрэй оһуохай таһаарда. Дьон-сэргэ оҕо-уруу тоҕуоруһа мустан үрүҥ күнү айхаллаан оһуохайдаан уруйдаатылар.
Сарсыарда Аан Аартыкка далбар хотуттар кэлбит ыалдьыттары саһарчы буспут сырдьыгыныы сылдьар алгыстаах алаадьынан күндүлээн үөртүлэр.
Быйылгы үбүлүөйдээх сылларынан улуу дьоммут ааттарын үйэтитэн театрализованнай дьүһүйүү туруорулунна. “Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэттэрэ хомоҕой хоһооннорун бэлэхтээтилэр. Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор хонуу устун сырсан үҥкүүлээтилэр.
Дойдубут президена В.В.Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ онно олоҕуран Эҥсиэли хочотун киэн туттар маанылаах ыаллара анаан-минээн оҥостон, тэринэн, оҕолуун-уруулуун түмсэн сайыны уруйдуу, саха үгэһин төрүттүү сомоҕо хааман түһүлгэҕэ түмүстүлэр. Нам улууһун ытык-мааны киэн туттар дьиэ кэргэттэрин дьон сэргэ уруйдаан-айхаллаан көрүстэ. Быйылгы ыһыах уратытынан дьиэ кэргэни өрө тутуу буолла. Ол кэннэ иһийэн чуумпуран илгэни үксэтэн, үүт үрүмэтин ыһан, саҥа дьоллоох кэми сайа тыыннаран, Үрдүкү Айыылары кытта орто дойдуну ситимниир аналлаах, тоҕус добун халлаан Айыыларыттан алгыстанан, араҥаччылыыр аналлаах Ытык көтөрдөрө Үрүҥ Кыталыктар, киһи-аймах сүппэт-оспот олоҕун туоһулаан, күөх сирэмҥэ дьол тойугун түһэрэн, кылыгырыы лыҥкынаан, наҕыллык алгыс үҥкүүтүн дайыттылар. Туому тутуһан, Айыы тыыннаах алгыс түһэр сирин унаар күөх түптэ буруотунан ыраастаммыт, арчыламмыт Үрүң тунах ыһыахпыт түһүлгэтигэр уруйбут улааттын, удьуорбут ууһаатын диэн Саха киһитин санаатын көтөҕөр, сарсыҥҥыга эрэлин бөҕөргөтөр Үрүҥ Тунах ыһыахпыт өрөгөйдөөх үөрүүтүн үрдэт диэн үөһэ Үрдук Айыылартан, Аарыгырар Аар айылҕаттан, Ийэ Сиртэн көрдөһөн, 8 кыталык кыыс, 9 туруйа уол арыалдьыттаах Ытык–мааны Үрүҥ Алгысчыттар Лоҥхо Өлөксөй, Владимир Сыромятников, Геннадий Игнатьев Ыһыах алгыһын түһэрдилэр. Алгыс амалыйар түгэммитигэр, көрдөһүүлээх күммүт үүнүүтэ, күөх төлөнүнэн күлүбүрүүр Аал уоппутун, Хатырык нэһилиэгиттэн Ирина, Владимир Кутуковтар дьиэ кэргэттэрэ, сахтылар.
Самаан сайыны көрсөр, саамал кымыһы ыһар Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан сахалыы аламаҕай эҕэрдэлээх, кыынньар кымыһы охторуу силигин ситэрэн, киин түһүлгэҕэ «Нам улууһа» муницпальнай тэриллии баһылыга ЮРИЙ ИННОКЕНТЬЕВИЧ СЛЕПЦОВ уонна улууспут киэн туттар эр дьоно тахсан төгүрүччү туран үгэһи тутуһан кымыс үрдүн охтордулар. Кымыс үгүс үйэлэргэ, өлбөт мэҥэ уутун солбуйан, албан суолунан айаннаан кэллэ. Өркөн өйдөөх төрүт өбүгэлэрбит кыынньар кымыһы – айыы аһа диэн бэргэнник ааттаабыттара. Айыы аһын ыраас ыралаах, уйан уйулҕалаах дьоннор иһэллэр. Тыыннаах кымыс үрдүн охторуу – үөһээ үрдүк айыыларга тиксэргэ тэҥнээх. Ил-эйэ араҥаччылаах Нам оҕонньортон, Мыымах Кинээстэн төрүттээх, налыы Наммыт киэҥ киэлитигэр Ытык дьоммут түстээбит, саарын дьоммут саргылаабыт олохторун, сарсыҥҥылаах сайдар суолбутун тэлэн уйгу-быйаҥ тосхойдо.
Ытык Дуоҕа — инники олохпут сайдыыдыт, кыайыытын, салҕаныытын бэлиэтэ. Айыылары кытта сибээһи ситимниир, Үрүҥ тунах ыһыах ытык дуоҕатын бу сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, «Нам улууһун култууратын Бочуоттаах үлэһитэ», «Нам улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» Үрдүк бэлиэлэр хаһаайына, Үлэ бэтэрээнэ Валентин Петрович Черноградскай уонна кини уола «Олимпик» спорт оскуолатын боксаҕа сүрүн тренера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическай култууратын туйгуна Дмитрий Черноградскай итиллээччилэринээн, Нам улууһун инники эрэллэринээн: Ытык Дуоҕаны баһылыкка туттардылар. «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга Ю.И.Слепцов үс сүүмэх сиэл сэтиилээх, кылыгырас чуораан ытарҕалаах, үрүҥ кылбаа солотуулаах, алтан кылбаа дуйдаах, алгыстаах харысхаллаах Ытык Дуоҕаны өрө туруоран, арчылаах, алгыстаах Ыһыахпыт арыллыбытынан мэктиэ туруорда, Нам улууһун өрөгөй ырыата дуорайда, тыл этилиннэ, оһуохай үнкүүтэ төрүттэннэ, кэскиллээх кэтит чэчири тэниттилэр, төгүрүк түһүлгэни төрүттээтилэр, сандалы тула муһуннулар. Тото-хана бидиличчи буспут, ис миинэ иһэн сирилэттилэр, ытык ыалдьыттарга үтэһэлээх эт, быыппах күндүлээтилэр. “Сайыны уруйдуу” “Туллук хаара” Нам улууһун ырыа айааччыларын түмсүүтүн эҕэрдэлээх кэнсиэрин көрөн дуоһуйдулар. Нам улууһун маастардарын быыстапката, Р.Е.Попов – Стахановец Роман аатынан Нам улууһун саҥаны айааччыларын түмсүүтүн түһүлгэтэ, “Сир ийэ тапталлаах оҕолоро – биһиги!” оҕо былаһааккатын үлэтэ дьон-сэргэ, оҕо-аймах болҕомтотун, сэҥээриитин ылла.
Күн иккис аҥаарыгар күрэх арааһа ыытылынна ол курдук:
Норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Василий Николаевич Попов-Бочоох төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах «Олоҥхо дойдутун оһуора» олоҥхо дьоруойдарын ырыатын-тойугун толоруу күрэһигэр
Оҕолорго:
1 үрдэл Мордовскай Юра
Винокуров Ваня, Нам сэл.
2 үрдэл Карамзина Амана
3 үрдэл Карамзина Сигуна
Иванова Влада
14-35 саастаахтарга
1 үрдэл Находкин Сандр, Хама5атта нэһ.
2 үрдэл Шадрина Эвилья, Нам сэл.
35 үөһээ саастаахтарга
1 үрдэл Маркова Елена, Нам сэл.
«Оһуохайбыт олохтоннун, саргыбыт салалыннын!» оһуохай күрэҕэр
35 – 45 саастаахтарга
1 үрдэл Маркова Елена, Нам сэл.
2 үрдэл Аргунова Мария, Партизан нэһ.
45 үөһээ саастаахтарга
1 үрдэл Осипов Владимир, Нам сэл.
2 үрдэл Николаева Ирина, 1 Хомустаах нэһ.
3 үрдэл Харлампьева Светлана, 1 Хомустаах нэһ.
Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, тойуксут, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо Константин Никонович Тихонов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах улуустааҕы «Дьиэрэй, тойугум!» тойукка күрэскэ
8-14 саастаахтарга
1 үрдэл Шадрина Эвилья, Нам сэл.
35 саастарыттан үөһэ
1 үрдэл Аргунова Мария, Партизан нэһ.
2 үрдэл Николаева Ирина, 1 Хомустаах нэһ.
3 үрдэл Лукинова Надежда, Нам сэл.
«Алаас ырыата» норуот ырыатын толорууга күрэскэ
8-14 саастаахтарга
1 үрдэл Шадрина Эвилья, Нам сэл.
2 үрдэл “Дьэргэлгэн” белех, Нам сэл.
3 үрдэл Собакина Санаайа, Нам сэл.
14-35 саастаахтарга
1 үрдэл “Дорҕоон”, “Дуораан” бөлөхтөр, Хатын-Арыы нэһ.
2 үрдэл “Кэрэ Куо” бөлөх, Түбэ нэһ.
35 сааһыттан үөһэ
1 үрдэл Охлопкова Елена, 1 Хомустаах нэһ.
2 үрдэл Николаева Ирина, 1 Хомустаах нэһ.
3 үрдэл Сивцева Марианна, Партизан нэһ.
Бөлөхтөр икки ардыларыгар
14-35 саастаахтарга
“Дьурул”, Партизан нэһ.
35 –тэн үөһэ
“Айар аартык”, 1 Хомустаах нэһ.
«Дьиэ кэргэнинэн талыы-талба саха таҥаһа» улуустааҕы күрэх
1 үрдэл Татариновтар дьиэ кэргэнэ, 1 Хомустаах нэһ.
2 үрдэл Кривошапкиннар дьиэ кэргэнэ, Нам сэл.
3 үрдэл Васильевтар дьиэ кэргэнэ, Нам сэл.
Үтүө үгэс быһыытынан, сыл ахсын Үрүҥ тунах ыһыах программатыгар киллэрэн Н.М. Рыкунов аатынан киин модельнай библиотека дьоһун, биллиилээх дьоммут ааттарын үйэтитэн уус-уран ааҕыы күрэҕин ыыталлар. Ол курдук, «Чаҕылҕаны ааҕабыт, Чаҕылҕаны туойабыт!» уус-уран ааҕыы күрэх “Эҥсиэли хочото – айар кут түһүлгэтигэр” буолан ааста. Күөн-күрэс ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт, тылбаасчыт Илья Дорофеевич Винокуров –Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар ананна.
Уус-уран ааҕыыга Илья Чаҕылҕан хоһооннорун дорҕоонноохтук өйтөн этиигэ уопсайа биирдиилээн бөлөххө улахан уонна ыччат дьоҥҥо барыта 17 киһи кытынна, ону таһынан бөлөҕүнэн ааҕыыга икки. Күрэхтэһээччилэри сыаналаатылар: Прасковья Байанаева — «Отуу уота» литературнай түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 2019 с. Чаҕылҕаҥҥа анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи айар күрэх Гран-при кыайыылааҕа. Екатерина Евстафьева – «Нам улууһа» МТ дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отделын салайааччыта, 2019 с. Чаҕылҕаҥҥа анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уус-уран ааҕыы күрэҕин Гран-при кыайыылааҕа. Наталья Петрова – Афанасий Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин методиһа.
Түмүккэ күрэх кыайыылаахтарынан ааттаннылар (биирдиилээн ааҕыыга): Илья Чаҕылҕан удьуор-аймахтара туруорбут анал бирииһин «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын Пелагея Павлова (Хатыҥ Арыы нэһ.) ылла.
I үрдэл Владимир Колесов (Партизан нэһ.);
II үрдэл Айталина Кириллина (Түбэ нэһ.);
III үрдэл Ньургуяна Адамова (Хатыҥ Арыы нэһ.), Дмитрий Местников (Салбаҥ нэһ.).
Анал ааттар:
«Кэскиллээх ааҕааччы» — Татьяна Афанасьева (Партизан нэһ.);
«Итэҕэтиилээх тыл-өс» — Байдам Дайыына Сииҥкэ кыыһа (Бөтүҥ нэһ);
«Бастыҥ арыйыы» — Анна Хабарова – Айталы (Модут нэһ.).
Бөлөҕүнэн ааҕыыга:
I үрдэлгэ «Чаҕылыс уолаттара» (сал. А. Е. Васильева, Хатыҥ Арыы нэһ.) таҕыстылар.
II үрдэли «Кэрэ Куо» (сал. С.П. Егорова, Түбэ нэһ.) кыргыттар бөлөхтөрө ыллылар.
Спорт күрэхтэригэр:
Мас тардыһыыга уолаттарга 70 кг кыайыыны Тихонов Сайдам; 70 кг үөһэ Габышев Харысхан ыллылар. Дьахталларга 65 кг диэри Сардаана Осипова кыайда; 65 кг үөһэ Светлана Сивцева. Эр дьоҥҥо 75 кг диэри Анатолий Гладков; 75 кг үөһэ Денис Федоров кыайыыны суруннулар. «Алмазэргиэнбанк» Намнааҕы филиал салайааччыта Никифорова Сардаана Михайловна туруорбут телевизор бирииһи мадьыны Анатолий Гладков ылла. Мас тардыһыытыгар спонсордаабыт Намнааҕы мас тардыһыы федерациятын председателэ Петр Эверстов, «Сунами» Егор Жирков, «Награды Якт» тэрилтэ Елена Филиппова, «Награды Якт» Намнааҕы филиала Сергей Софронов, Прокопий Окоемов салайааччылаах ветеринария управлениетыгар, СХПК «Эрэл» Ньургун Гуляев, ИП Николай Кулешов, «Намстрой» ХЭТ Вадим Кутуков, урбаанньыттар Д. Аргунов, И. Слепцов махтанабыт.
Хапсаҕайга эр дьоҥҥо 70 киилэлээхтэргэ Петр Парников, 85 кг ыйааһыҥҥа Александр Дмитриев, 85 кг үөһэ Сергей Семенов муҥутуур кыайыылаахтарынан ааттаннылар. 85 кг үөһэлэргэ Ариан Гоголев 2-с миэстэ буолан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл дириэктэрэ Семен Чердонов туруорбут сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланна. Кыайыылаахтар Нам улууһун хапсаҕайга федерациятын салайааччыта Алексей Кузьмин туруорбут 15 тыһ. солк. туттулар.
Нам улууһун ыһыаҕар төрүт ох саанан ытыыга күрэхтэһии буолла.
— 30 м ыраахтан кэрэ аҥаардарга 1 миэстэ Катарина Колесова буолла. 2 м Эрилик кыыһа Күндайаана, 3 м Октябрина Жиркова буоллулар.
— 40 м ыраахтан ытыыга эр дьоҥҥо Ньургустаан Жирков кыайыылаах таҕыста. 2 м Афанасий Дьячковскай, 3 м Петр Калачев ыллылар. Муҥутуур кыайыылаахтары быһаарыыга 35 м ыраахха эр дьон, дьахталлар ыттылар. Дьахталларга кыайыылааҕынан Катарина Колесова, оттон эр дьоҥҥо муҥутуур кыайыылааҕынан Петр Калачев ааттаннылар.
Оскуола оҕолорун икки ардыларыгар бэчимэ тардыһыы күрэхтэһиигэ кыайыылааҕынан Үөдэй оскуолатын үөрэнээччилэрэ ааттаннылар.
Иккис миэстэҕэ Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спорт оскуола иитиллээччилэрэ, үһүскэ Намнааҕы 1-кы №-дээх оскуола үөрэнээччилэр таҕыстылар. Ленскэй нэһилиэккэ Оҕо уонна Ыччат сыла биллэриллибитинэн бэчимэ тардыһыытын кыайыылаахтара Петр Сокольников баһылыктаах Ленскэй нэһилиэк дьаһалтата туруорбут 100 тыһ. солк. сертификатынан наҕараадаланнылар.
Киэһэтин “Олох устун” тыыннаах бөлөх эҕэрдэлээх түһүлгэтин кэнсиэрэ буолан ааста. Ыһыахха мустубут дьон-сэргэ астынан-дуоһуйан ыһыах мааны түһүлгэтин олохтоотулар.
Ыһыах сценарийын Наталья Петрова суруйда, туруорааччы режиссердар Роман Герасимов, Анна Слепцова, Мария Попова буолаллар.
Түгэнинэн туһанан Ыһыах тэрээһинин бары ыытыспыт, тэрийсибит халыҥ хамаандаҕа, кыттыбыт бары тэрилтэлэргэ, спонсордарга, кыттааччыларга, артыыстарга, түүннэри сүүрбүт-көппүт, үлэлээбит дьоммутугар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.