Кулун тутар 3-6 күннэригэр Саха Республикатыгар норуот маастарын күнүн чэрчитинэн ыытыллар XIII Республикатааҕы “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа Наммыт улууһун уран тарбахтаах уустарын түһүлгэтэ тэрилиннэ. Саха тыынын, норуот айымньытын бииргэ түмэр “Симэх” национальнай киин тэриллибитэ үбүлүөйдээх 30-сылыгар ананна. Быыстапкаҕа Нам, Хатырык, Хамаҕатта, 1-Хомустаах, Хатыҥ-Арыы, Үөдэй, Партизан нэһилиэгиттэн айар талааннаах, дьоҕурдаах дьоммут бастыҥ үлэлэрэ турдулар. Тэрээһин чэрчитинэн Наммыт улууһун төрүт омук таҥастаах колонната Далбар хотуттар, Эр дьоннор сэлэлии хаамтылар. Быйылгы сылга Саха Республикатын норуотун маастарын үрдүк аатын Нам нэһилиэгиттэн И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж преподавателэ Л.Е. Тавакалова (керамика), Хатыҥ-Арыы нэһилиэгиттэн Л.И. Попова (туос) ыллылар. Саха Республикатын уус-уран оҥоһук маастарын аатын Хатыҥ-Арыы нэһилиэгиттэн П.И. Куличкина (төрүт иис), Үөдэй нэһилиэгиттэн М.Ф. Зырянова (туос) буоллулар. Дьаарбаҥка-күрэх түмүгүнэн “Төрүт иискэ” 1-степэннээх лауреат үрдүк ааты “Кырададаһын” түмсүү сал. Н.В. Соропова (Хатырык нэһ.), “Тимир уустара” күрэххэ I степэннээх лауреат үрдүк ааты СР норуотун маастара М.А. Баишев (1-Хомустаах), “Төрүт туоска” II степэннээх лауреат үрдүк ааты ылары ситистилэр. СР уус-уран оҥоһукка маастардара А.П. Герасимова, И.В. Винокуров (Нам с.), “Керамикаҕа” СР норуотун маастара Л.Е. Тавакалова (Нам с.) II степэннээзх лауреат, “Төрүт туоска” СР уус-уран оҥоһук маастара М.Ф. Зырянова III степеннээх лауреат үрдүк ааты ылан кыайыылаах буоллулар. Саха Республикатын норуотун маастара, үөрэҕириитин туйгуна, Намнааҕы техникум педагог маастара, улууска элбэх маастары иитэн таһаарбыт Т.А. Карамзина Саха Республикатын Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бочуоттаах грамотатынан наҕараадаланна. СР норуотун маастардара А.Н. Слепцова, М.В. Оконешникова “Симэх” национальнай киин бэлиэтинэн наҕараадаланнылар. Өбүгэ ытык үгэстэрин салҕыыр аналлаах талааннаах дьоммутун, норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын тарҕатыыга айымньылаахтык үлэлиир маастардарбытын ситиһиилээхтик кыттыбыттарынан эҕэрдэлиибит, саталлаах илиилэрин иһиттэн тахсыбыт аптаах үлэлэлэр түмүллэ, үксүү турдуннар.