2013 сылтан бэттэх ыам ыйын 21 күнүгэр Ырыа күнэ Республикаҕа киэңник бэлиэтэнэр. Уонча сыл устатын тухары Ырыа күнүн суолтатын туһунан үгүс тэрээһиннэр ыытылыннылар, санаалар, анаарыылар этилиннилэр, элбэх ырыа-хоһоон айылынна, кинигэлэр таҕыстылар. Ырыа-дьону сомоҕолуур, түмэр ураты күүстээҕинэн, ырыа культуратын сайыннарар, харыстыыр, тарҕатар сыалтан, Саха Республикатын Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2022с. ыам ыйын 22 күнүн дьаһалынан ыам ыйын 21 күнүгэр Саха Республикатыгар Ырыа күнэ олохтоммута. Ырыа кунун чэрчитинэн Дьокуускай куорат толбонноохой туонатыгар араас тэрээһиннэр, концертар ыытылыннылар. Биһиги улуустан “НВК” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа быһа эфирыгар Саха республикатын культуратын туйгуна, “Туллук хаара” мелодистар түмсүүлэрин салайааччыта А. Замятин, ССРС культуратын туйгуна, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Е.Кутукова салайааччылаах “Дьүөгэлэр” народнай вокальнай, “Нарыйаана” ансаамбыллара, Саха республикатын культуратын туйгуна С.Пономарева салайааччылаах “Сандаара” вокальнай ансаамбыл көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бу күн Хатырык нэһилиэгин “Сайдам” норуот айымньытын киинин специалиһа, “Уйгу” вокальнай ансаамбыл салайааччыта Любовь Левина Саха Республикатын культуратын туйгуна үрдүк ааты ылла. Бары ырыа айааччылары, ырыа ыллааччылары, ырыаны таптаан истээччилэри итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!