От ыйын 20 күнүгэр М.К. Аммосов аат. култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар “Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас» диэн баһаартан эмсэҕэлээбит Фрунзе нэһилиэгин олохтооҕо, биллиилээх олоҥхоһут П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ сиэнэ Татьяна Ядрихинская дьиэ кэргэнигэр көмөлөһөр сыаллаах аһымал кэнсиэр ыытылынна. Кэнсиэри киэн туттар биир дойдулаахпыт, биллиилээх журналист Георгий Белоусов иилээн-саҕалаан, бэрт иһирэхтик ыытта.
Аһымал тэрээһиҥҥэ саха норуотун биһирэбилин ылбыт артыыстары Ырыа Саарыны, Кирилл Матвеевы сэргэ, саҥа тахсан эрэр эдэр ырыаһыттар Петр Попов, Куйаар Уола, Эргис Давыдов уонна Нам улууһун талааннаах дьоно Хатыҥ Арыыттан Саргылаана Пономарева, Петр Машников, Анна уонна Петр Охлопковтар, Анна Нестерева, Горьяна Стрекаловская, Нам сэлиэнньэтиттэн Мария Григорьева-Маайа, Лена Маркова, Сахаайа Колодезникова, 2 Хомустаахтан Мария Захарова, Таастаахтан Назар Филиппов, “Ньургуһун” үҥкүү ансаамбылын солистара Вероника Старостина уонна Владислав Николаев ылбаҕай ырыаларын, үҥкүүлэрин бэлэхтээн сүргэни көтөхтүлэр. “Нам улууһа” МТ баһылыга Юрий Слепцов, “Фрунзе нэһилиэгэ” МТ баһылыга Роман Трофимов, улуус культуратын управлениетын начальнига Семен Ядрихинскай, А.Ф. Шестаков аат. улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Николай Жирков, улуустааҕы дьахтар сэбиэтин председателэ Ирина Находкина көмө буолбут дьоҥҥо махталларын тиэртилэр, хомуллубут үбү туттардылар. Бу күн билиэт атыытыттан — 227 тыһыынча, ону сэргэ биирдиилээн дьонтон, тэрилтэлэртэн — 146 тыһыынча, уопсайа 373 тыһыынча көмө харчы киирдэ. Маны сэргэ Фрунзе нэһилиэгин сибиэһэй аһа-үөлэ, уран тарбахтаахтарын тикпит, оҥорбут киэргэллэрэ удамыр сыанаҕа атыыланнылар. Татьяна Ядрихинская биир дойдулаахтара, урбаанньыттар, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтара кытыннылар, күүс-көмө, өйөбүл буоллулар. Саалаҕа айыы санаалаах Наммыт улууһун дьоно толору мустан, биир сомоҕо буолан, иэдээҥҥэ түбэспит биир дойдулаахпытыгар көмөлөрүн анаатылар. Татьяна Ядрихинская улаханнык долгуйан туран, тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, кэлбит дьоҥҥо, нэһилиэктэр, улуус бары олохтоохторугар, акцияны сүүрэн-көтөн тэрийбит хамыыһыйаҕа, улуус, нэһилиэк дьаһалталарыгар, күүс-көмө буолбут бары аймахтарыгар-урууларыгар, ыалларыгар, доҕотторугар, үтүө санаалаах бар дьоҥҥо өйөбүллэрин, көмөлөрүн иһин махтанна. Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат! Көмө акция салҕанар. «Нам» улууһа МТ пресс-сулууспата