Алтынньы 4 күнүгэр Аҕам саастаах дьоммут, талба талааннаахтарын айар дьоҕурдарын кэпсиир “Айар абылаҥҥа ылларан” быыстапка арылынна.
Быыстапкаҕа Наммыт улууһун аҕа саастаах дьоммут айан-тутан, чочуйан оҥорбут,элбэх сыраттан таһаарбыт уран оҥоһуктара турдулар. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ бэйэбит үтүө үгэспитин умнубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ утумнаан иитэр, тиэрдэр дьоммут үлэлэрэ М.К. Аммосов аат. култуура дыбарыаһыгар П.И. Сивцев аат. Намнааҕы история уонна этнография түмэлин быыстапкалыыр саалатыгар алтынньы 13 күнүгэр тылы турар. Кэлиҥ, көрүҥ, сыаналаан!