Саха буоларбыт быһыытынан төрөөбүт тылбытын умнуо суохтаахпыт диэн өйдөбул барыбытыгар иҥэн сылдьар. Саамай улахан кылааппыт ОЛОҤХО буоларын бары билэбит. Оттон тыл кылаан чыпчаала – олоҥхо. Тыл баайын илдьэ сылдьааччы – олоҥхоһут буолар.
Олунньу 27 күнүгэр З.А.Тихонова аатынан “Түөлбэ” оҕо Киинигэр оҕолору кыра саастарыттан олоҥхо эйгэтигэр уһуйар аналлаах «Олоҥхону олук оҥостон» күрэхпит 12-с төгүлүн ыытылынна.
Бүгүҥҥү күрэххэ 7 уһуйаантан — 7 бөлөх, биир биирдиилээн толорооччу кыттыыны ыллылар. Барыта 61 оҕо, 13 салайааччы сырытта. Күрэхпит аһыллыытыгар кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр
Маркова Нюргуяна Николаевна, Үөрэх управлениятын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын сүрүн исписэлииһэ.
Бүгүҥҥү күрэххэ 7 уһуйаантан — 7 бөлөх, биир биирдиилээн толорооччу ..ү:кыттыыны ыллылар. Уһуйааннар бэлэмнэрэ олус үчүгэй. Оҕолор ааҕар толоруулара тупсан иһэрэ бэлиэтэннэ. Партизан “Кустук” оҕо уһуйааныттан Д.И.Крикошапкин суруйбут “Сур соноҕос аттаах Саар бухатыыр” олоҥхотун “Күн бытархайа” драмтеатрын иитиллээччитэ Рыкунов Сахайаар толорбута олус биһирэннэ. Салгыы бу олоҥхону бөлөҕүнэн толорорго үлэлэһэ сылдьалларын биллэрдилэр. 2 Хомустаахтан, Көбөкөнтөн кэлэн кырачааннар олоҥхолоон иһитиннэрбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх.
Дьүүллүүр сүбэ сыанабылынан Е.В.Соколова бириэмийэтин муҥур кыайыылаахтарынан Хатастааҕы «Хомус» уһуйаан “Кэскил” бөлөҕө, салайааччы Протопопова М. А. буоллулар. Бастакы Үрдэлгэ – Партизаннааҕы “Кустук” оҕо уһуйаанын “Күн бытархайа” бөлөх, салайааччылар Мордосова С.И., Григорьева У.С., Иккис Үрдэлгэ – Хамаҕаттатааҕы “Тускул” оҕо уһуйаана, салайааччы Олесова Н.Н., Үһүс Үрдэлгэ – Аппаанытааҕы “Сандаара” оҕо уһуйаана, салайааччылар Эверстова Л.П., Ноева С.А. таҕыстылар.
Нам сэлиэнньэтин 6-с №-дээх “Кыталык” оҕо уһуйаана “Үтүө үгэһи тутуһан толоруу”, Харыйалаах “Эрэл” оҕо уһуйаана “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ”, Нам сэлиэнньэтин 7-дээх “Туллукчаан” оҕо уһуйаана “Кэскиллээх толорооччу” диэн анал ааттары ыллылар.
Түмүккэ, Е.В.Соколова кыыһа Федорова Ефросинья Прокопьевна, сиэнэ Ньургун Прокопьевич Федоров кэлэн махтанан, эҕэрдэлээн кыайыылаахтарга Е.В.Соколова бириэмийэтин уонна бириистэрин туттардылар.
“Сандаара” оҕо уһуйаана 10 сыл, “Кустук” уонна “Тускул” оҕо уһуйааннара 5 сыл уо.д.а. бу үгэс буолбут “Олоҥхону олук оҥостон” күрэххэ кыттан кэллилэр. Элбэх оҕону олоҥхоҕо уһуйан таһаарбыттара саарбаҕа суох. Ол гынан баран, оскуолаҕа кэлэн салгыы олоҥхонон дьарыктаммакка хааллаллара баар суол.
Билигин “Эркээйи эргиирэ”: оҕо уонна ыччат сайдар эйгэтин тэрийии программата үөрэх тэрилтэлэригэр киирэ турдаҕына, бу уһуйуллубут эбэтэр баҕалаах оҕолор дьарыктаммат буолуулара өйдөммөт. 2023 сылтан бу программанан улууспутугар пилотнай былаһааккалар тэриллэ тураллар. Онон оҕону төрөөбүт тылынан саҥарарын: олоҥхону, тойугу, чабырҕаҕы, оһуокайы толоруунан ситиһии күүскэ барыан наада.
“Түөлбэ” оҕо Киинин аатыттан дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Орлова Сахаяна Афанасьевнаҕа, Нам улууһа культура уонна духовность Управлениятын методиһыгар, Находкин Сандр Александровичка, П.П.Ядрихинского – Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин фольклор салаатын исписэлииһигэр, Парникова Екатерина Васильевнаҕа, «Түөлбэ» оҕо Киинин фольклорнай кэллэктиип выпускницатыгар, М.А.Аммосов аатынан улуустааҕы культура уонна духуобунас управлениятын начальнигар Ядрихинскай С.П., П.П.Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо Дьиэтин дириэктэригэр Колпашникова В.В уонна “Дьырылыатта” фольклорнай кэллэктиип выпускниктарыгар махталбытын тиэрдэбит.
Потапова О.И., “Түөлбэ”оҕо Киинин
педагога, күрэҕи тэрийээччи.