Нам улууһугар кулун тутар 29 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан духуобунай сайдыы Дыбарыаһыгар IV-с өрөспүүбүлүкэтээҕи дэгэрэҥ ырыаны айыы уонна төрүт дорҕоон доҕуһуолугар саха үҥкүүтүн туруоруу күөн күрэһэ ыытылынна. Манна Уус Алдантан, Кэбээйиттэн, Хаҥаластан, Чурапчыттан, Дьокуускайтан, куорат Хатаһыттан, улууспут нэһилиэктэриттэн биирдиилээн толорооччулар уонна үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө түмүстүлэр.
Саха норуотун кутун-сүрүн, иэйэр-куойар туругун арыйар күөн күрэһигэр саха төрүт инструменыгар – кырыымпа тохтор кылыһаҕынан доҕуһуоллатан саха дэгэрэҥ ырыата эйээрдэ, ойор-тэбэр, күөгэл-нусхал, дэгэрэҥ төрүт үҥкүү түһүлгэтэ олохтонно. Дэгэрэҥ ырыаҕа 9 ааптар кытынна, 13 дэгэрэҥ ырыа ылланна, 11 саха төрүт үҥкүүтэ толорулунна, 180-тан тахса киһи кытынна.
Күөн күрэһи 5 киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Саха АССР народнай уонна үтүөлээх артыыһа, сахалыы дэгэрэҥ ырыаны ыллаабыт, тарҕаппыт, норуокка сөбүлэппит самодеятельнай композитор Христофор Трофимович Максимов улахан уола Иннокентий Максимов, РФ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, аҕатын аатынан Фонда бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Амма улууһун Бочуоттаах мецената дьүүллүүр сүбэни салайда. Кинини кытта тэҥҥэ СӨ култууратын туйгуна, Дьокуускай куорат «Родник» норуот айымньытын киинин хореограба, тэйиччиттэн ыытыллар Бүтүн Россиятааҕы уонна Аан дойдутааҕы «Россия талааннара» фестиваль, араас куонкурустар дьүүллүүр сүбэтин бастайааннай Бочуоттаах чилиэнэ Владимир Собакин, Хатастааҕы «Тускул» КК фольклорга специалиһа, Христофор Максимов фондатын «Ырыаһыт чыычаах» мэтээл хаһаайына, Амма улууһун «Гордость Амги» номинациятын хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Николай Протасов, СӨ культуратын туйгуна, Уус Алдан улууһун В.Д. Лонгинов аатынан Бээрийэ орто оскуолатын педагог-хореограба, дэгэрэҥи үҥкүү эйгэтигэр биир бастакынан киллэрбит Анастасия Васильева уонна СӨ култууратын туйгуна, Нам улууһун, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, улуустааҕы «Туллук хаара» мелодистар түмсүүлэрин салайааччыта, СӨ ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ Андрей Замятин үлэлээтилэр. Түмүгү икки көрүҥүнэн таһаардылар.
Дьүүллүүр сүбэттэн Иннокентий Христофорович, Андрей Терентьевич күөн күрэс үрдүк таһымҥа тэриллибитин, кыттааччы элбээбитин, саҥа ааттар, талааннар тахсыбыттарын бэлиэтээтилэр, саха дэгэрэҥ ырыата, дэгэрэҥ үҥкүү, төрүт дорҕоон сайдан, кэҥээн иһэриттэн астыналларын эттилэр.
Дэгэрэҥ ырыаны айааччыларга, толорооччуларга лауреттарынан ааттаннылар:
1 Үрдэл — Сахаайа Колодезникова, Нам улууһа. Киниэхэ доҕуһуоллаабыт «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕөр улуустааҕы «Туллук хаара» мелодистарын түмсүүтүн салайааччыта Андрей Замятин анал бирииһи туттарда.
2 Үрдэл — Афоима Решетникова, Чакыр, Чурапчы улууһа.
3 Үрдэл — Туйаара Бурнашева, куорат Хатаһа.
Анал ааттары иҥэрдилэр: «Ааптар ырыатын бастыҥ толорооччу» — Зоя Баишеваҕа, Хатас нэһилиэгэ, «Айылгылаах ырыаһыт » — Нина Хордогосоваҕа, Нам с. Оттон «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө туруорбут анал бирииһин Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Дорҕоон» бөлөҕөр анаата (сал. Степан Находкин).
Саха төрүт үҥкүүтүгэр лауреаттарынын ааттаннылар:
1 Үрдэл — «Өлүөнэ кытыла» үҥкүү бөлөҕө, Суотту, Уус Алдан, ону сэргэ «Бастыҥ дэгэрэҥ үҥкүү» анал ааты ылла (сал. Матрена Яковлева).
2 Үрдэл — «Ситим» үҥкүү бөлөҕө, Нам с. (сал. Кэрэмэс Саргы Сатабыл кыыһа).
3 Үрдэл — «Нарыйа» үҥкүү бөлөҕө, Кэбээйи улууһа (сал.Сардана Полятинская).
Анал ааттары иҥэрдилэр: «Инникилээх салайааччы» — «Сайдам», «Оһуор» үҥкүү ансаамбылларын салайааччытыгар Варвара Ивановаҕа иҥэрилиннэ, Хатыҥ Арыы, Нам улууһа, «Кэрэ көстүү» — «Сатабыл» үҥкүү бөлөҕө, Хатас нэһилиэгэ (сал. Вилена Константинова). Лауреаттар, анал аакка тиксибиттэр бары махтал суруктарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Тэрийээччилэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит ыалдьыттарга үтүө-мааны тылларын этэн туран, махтал суруктары туттардылар.
— «Дэгэрэҥ ырыаны саха дьолугар айан-тутан, норуотугар бэлэхтээн хаалларбыт киһибитин Христофор Максимовы киэн тутта ааттыыбыт, махтанабыт, сүгүрүйэбит! Быйыл «Кылаан чыпчаал» көрүллүбэтэ, инникитин дьүүллүүр сүбэ дэгэрэҥ ырыа, саха үҥкүүтэ диэн туспа араарыахха диэн сүбэлэһэн туруорбата, эһиил баар буолар. Бу күрэс инникитин өссө ыытыллыа. Бары кыттааччыларбытыгар, харчынан, сертификатынан көмөлөспүт спонсордарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Сахабыт дэгэрэҥ ырыата, төрүт үҥкүүтэ, төрүт дорҕооно үйэлэргэ сүппэтин, сайда-үүнэ, чэчирии туруохтун» — диир бу кэскиллээх бырайыак ааптара, А.Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы НАДь фольклорга специалиһа, «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөх салайааччыта, «Нам улууһун культурата сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, улуустааҕы «Туллук хаара» мелодистар түмсүүлэрин, СӨ ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ Мария Григорьева-Маайа.