Нам улууһун үҥкүү коллективтара 8 «Азия оҕолоро» Аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар культурнай программаларыгар кыттыахтара. 1-Хомустаахтан «Мичээр » үҥкүү народнай ансамбыла, “Күнчээн» уҥкүү ансамбыла, Партизантан «Сандаара» үҥкүү ансамбыла, Намтан «Ньургуһун» ырыа-үҥкүү народнай коллектива, улуустааҕы гимназия «Стремление» үҥкүү ансамбыла, Нам бастакы нүөмэрдээх орто оскуола үҥкүү ансамбыла, Аппааныттан «Хатыҥчаана» үҥкүү ансамбыла. Уопсайа 11 салайааччы 130 оҕо Нам улууһун «Культураҕа уонна духовнай сайдыыга управлениетын» тэрийиитинэн, «Үөрэх салаатын салалтатын», Улууспут дьаһалтатын өйөбүлүнэн бэс ыйын 12 күнүгэр 6 автобуһунан Дьокуускай куоракка айаннаатылар. Бэс ыйын 27 күнүгэр диэри коллективтар спортивнай оонньуулар культурнай программатыгар кыттыыны ылыахтара.
Сүдү улахан тэрээһиҥҥэ улуус аатыттан кыттар олус эппиэтинэстээх сырыыга коллективтарбытыгар умнуллубат чаҕылхай түгэннэри, үгүс билиини, билсиини айымньылаах үлэни баҕарабыт!